Хайа баҕарар норуокка кини туох-баар үтүөтүн, үчүгэйин, кэрэтин – өркөн өйүн, самныбат санаатын, чаҕылхай талаанын, сырдык ыратын, холобура суох хорсунун, модун волятын бэйэлэригэр иҥэриммит уһулуччулаах дьон баар буолаллар. Оннук дьоннор, үгэс курдук, общество сайдыытын ураты бэлиэ кэмнэригэр чаҕылҕан кэриэтэ күлүм гынан ааһааччылар (киһи) үйэтэ диэн, төрдө-төбөтө биллибэт историяҕа холоотоххо, чыпчылҕан түгэнэ буоллаҕа… Ити уһулуччулаах дьоннор уһун дуу, кылгас дуу олохторун усталаах туоратыгар бары өйдөрүн-санааларын, кыахтарын-дьоҕурдарын, күүстэрин-күдэхтэрин төрөөбүт бар-дьоннорун, иитиллибит Ийэ сирдэрин туһугар анааннар, үтүмэн үгүс үлэни үлэлээннэр, киһи сөҕөр күчүмэҕэйдэрин туорааннар, атын ким да кыайбатын кыайаннар, ама киһи айбатын айаннар, бэйэлэрин норуоттарын символа, албан аата, киэн туттуута буолаллар. Биир кэмҥэ үөскээбит дьонноро эрэ буолбакка, кэнэҕэски көлүөнэлэр бүтүннүүлэрэ кинилэргэ сүгүрүйэллэр, кинилэр ааттарын ааттаабытынан күн сырдыгын көрөллөр. Оттон атын норуоттар бу норуоту, бастатан туран, кинилэринэн сирэйдээн билэллэр, кинилэринэн холоонноон өйдүүллэр. Саха норуотугар биир оннук киһи Платон Алексеевич Ойуунускай буолар.
Киһи олоҕо бу күн сиригэр, туох-ханнык иннинэ, төһө айымньылаахтык үлэлээбитинэн, ол үлэтэ төһө суолталааҕынан, кэскиллээҕинэн, төрөөбүт норуотугар, Ийэ дойдутугар төһө туһалаабытынан сыаналанар. П.А.Ойуунускай үгүс өрүттээх литературнай, научнай уонна общественнай үлэтэ, күн-дьыл аастаҕын ахсын өссө ордук дьэҥкэрэн, эргиччи үөрэтиллэн, арылхайдык өйдөнөн иһиэҕэ. П.А.Ойуунускай үлэлээбит үлэтэ, олорбут олоҕо Саха сирин ааспыт, билиҥҥи уонна инники дьылҕатыгар сүҥкэн үтүө суолталааҕа, общественнай быһыы-майгы хайдах да уларыйбытын иһин, кыратык эмэтик да саарбаҕаланыах туһа суох. Бүгүн биһиги кинини, уруккубут курдук, саха норуотун улуу уола, улуу суруйааччыта диэн бигэтик этэбит…
…Саха норуота – кэскиллээх норуот. Үгүс күчүмэҕэй, дьалхааннаах кэмнэри, эрэйинэн-кыһалҕанан да буоллар, этэҥҥэ туораан, бүгүҥҥү күҥҥэ тиийэн кэллэ. Инникитин, омукпут бүтүннүүтэ биир санааланан, эбии ыкса сомоҕолостохпутуна, ханнык да бэйэлээх эриирдэргэ-мускуурдарга өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа, өссө эбии өрөйөн-чөрөйөн, өргөйөн, барҕарыы суолунан барыахпыт диэн энчирээбэт эрэллээхпит. Ити эрэлбит бөҕө акылаатын уурсубута, тэрийсибитэ саха норуотун улуу уола, улуу суруйааччыта Платон Алексеевич Ойуунускай. Ол иһин киниэхэ бараммат барҕа махтал, өлбөт-сүппэт албан аат буолуохтун!
С.П. Данилов
Олунньу, кулун тутар, 1993с.