«Саха тыла үрүйэ
уутун курдук ыраас, сир симэҕин курдук сиэдэрэй»
Амма Аччыгыйа
“Сахалыы дьыктаан”
акция түмүгэ
Уус-Амма нэһилиэгэр олунньу 13 күнүгэр – Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр сахалыы маассабай суругу-бичиги төрүттээбит, лингвист С.А.Новгородов төрөөбүтэ 130с., биир дойдулаахпыт, суруйааччы Г.Д. Бястинов-Бэс Дьарааһын төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах сылын аайы ыытыллар республиканскай “Сахалыы дьыктаан” акция быйыл куйаар ситимин нөҥүө ыытылынна.
Уус-Амма нэһилиэгиттэн, Томпо, Кэбээйи, Бүлүү, Сунтаар улуустарыттан уопсайа 30 киһи дьыктаан суруйуутугар бэйэлэрин тургутан көрдүлэр.
Быйылгы дьыктаан тиэкиһэ биир дойдулаахпыт, прозаик, драматург, очеркист Г.Д.Бястинов-Бэс Дьарааһын үбүлүөйдээх сылыгар анаан “Сайын” (этюд) ааҕылынна. Тиэкиһи Чымынаайы Г.Д.Бястинов-Бэс Дьарааһын аатынан орто оскуола саха тылын уонна литературатын учуутала Ульяна Афанасьевна Хоютанова аахта.
Дьыктаан суруйуутун түмүгүнэн Анал ааттар ананнылар:
“Бастыҥтан бастыҥ суруксут” — Захарова Римма Захаровна (Томпо улууһа).
“Бастыҥ суруксут”–Григорьева Антонина Тарасовна (Уус-Амма нэһилиэгэ)
Григорьева Варвара Гаврильевна( Уус-Амма нэһилиэгэ)
“Үчүгэй суруксут” – Николаева Анна Валериевна (Уус-Амма нэһилиэгэ)
“Кыраһыабай буочар” – Кычкина Анна Дмитриевна (Кэбээйи улууһа)
Варламова Татьяна Спиридоновна (Уус-Амма нэһилиэгэ)
“Махтал сурук” — Ульяна Афанасьевнаҕа акцияҕа көмөҥ иһин махтанабыт!
Саргылаах сахабыт тыла сайдарын туһугар инникитин да бииргэ үлэлэһиэхпит диэн эрэлбитин биллэрэбит.
Кыттыбыттарга “Туоһу сурук” туттарыллар.
Бары кыттыбыт дьоммутугар махталбытын тиэрдэбит.
Ийэ тылбытын харыстыаҕыҥ уонна сайыннарыаҕыҥ!
Төрөөбүт тылбытынан тахсар кинигэлэри ааҕыҥ, сайдыҥ, кэрэхсээҥ!