Төрөөбүт төрүт тылбыт — саха тылын күнүнэн!
Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ-сайда турдун!
Норуот олорбут олоҕо, тыына-дьылҕата тылыгар иҥэн сылдьар. Оҕо төрүөҕүттэн ийэ тылын эйгэтигэр иитилиннэҕинэ, омук кутун-сүрүн, өр үйэлэргэ муспут муудараһын этигэр хааныгар иҥэринэр, төрөөбут тылын, бэйэтин омугунхарыстыыр киһи буолар.
Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буоллаҕына, тыыннаах буолар, салгыы сайдар, барҕарар кыахтанар. Тыл – бүтүн норуот национальнай баайа, кэлэр кэскилэ.
…Мин күүстээхпин ийэ тылбынан!
Аалы көтөҕөр алгыспынан,
Өбүгэлэртэн силис тардынан
Тыыннаах кэлбит үгэспинэн!
В.И.Босиков-Босяк «Мин күүстээхпин Ийэ тылбынан»