Республикаҕа биллэр дэгиттэр идэлээх журналист,
ССРС журналистарын союһун чилиэнэ,
“Кыһыл көмүс бөрүө” журналистар бириэмийэлэрин лаурета
киэн туттар биир дойдулаахпыт,
Уус-Амма нэһилиэгиттэн төрүттээх
Терентий Терентьевич Халыев
Терентий Халыев 1936с сэтинньи 27 күнүгэр Таатта оройуонун Уус-Амма нэһилиэгэр Уодайга төрөөбүтэ. Ийэтэ Игидэй нэһилиэгиттэн төрүттээх Мавра Михайловна Николаева-Халыева. Аҕата Терентий Степанович Халыев Уодай олохтооҕо, холкуоһунай тутуу ветерана, стахановец.
1957с Ытык Күөл орто оскуолатын бүтэрбит, ити кэмтэн ыла ЫБЛКС чилиэнэ, Таатта оройуонун “Труд” колхоһун чилиэнэ.
1957-59сс “Труд” колхоз комсомольскай тэрилтэтин босхоломмут секретарынан үлэлээбитэ.
1959с. Ленинскэй комсомол путевкатынан Мирнэй куорат тутуутугар барар уонна 1959-60сс “Якуталмазтрест” ЖКХ-тар рабочайынан үлэлээбит.
Онтон 1961с ЫБЛКС Обкомун ыҥырыытынан Аллайыаха оройуонугар баран рабочайдыыр. Хоту биир сыл үлэлээн кэлэн, 1962-63сс Алексеевскай оройуон “Саҥа олох” хаһыатыгар фотокорунан үлэлээбит уонна 1963-64сс П.Алексеев аатынан колхозка комском босхоломмут секретарынан талыллан үлэлээбитэ.
Терентий Терентьевич Халыев 1965с ССРС журналистарын союһун чилиэнэ буолбута.
1970-72сс Аллайыаха оройуонун “Сайдыы суола” хаһыакка литературнай үлэһитинэн, эппиэттиир секретарынан, редактор эбээһинэһин толорооччунан үлэлиир сылларыгар 1967с “Биэрэктэр куустуһа түстүлэр” (очеркалар) кинигэтэ, 1970с “Таас титиригэ” кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыттара.
1972с Нам оройуонугар көһөн кэлэн “Ленин суола” хаһыатыгар старшай литературнай үлэһитинэн, 1982с олохтоох радионан биэрии корреспонденынан үлэлиир.
Намҥа таһаарыылаахтык үлэлиир сылларыгар “Туундараҕа көрсүһүү. Очеркалар” 1974с уонна “Таптал хочото” кинигэлэрэ күн сирин көрбүттэр.
1994с балаҕан ыйын 15к оһолго түбэһэн олохтон туораабыта.
“Кини кэпсиирин, суруйарын, командировкаҕа барарын көрдөххө, барыта олус судургутук, киһи таттарыан курдук көстөрө. “Киниэхэ тэҥнээх суруйар, дикторскай лоҥкунас куоластаах кини аттыгар ким да суоҕа…”- диэн Терентийи кытта бииргэ алтыспыт, үлэлээбит уонна элбэх араадьыйаны истээччи ахта саныы кэпсииллэрэ.
Терентий Терентьевич үксүн тыа дьонун туһунан суруйара. Оччолорго ыччаттар күүрээннээх үлэлэрин суруйуу эдэр дьон сүрэхтэрин ортотунан, санааларын күүрдүбүтүнэн киирэрэ. Тыа сирин уолаттара уонна кыргыттара ыанньыксыт идэтин баһылаан, техниканы сатабыллаахтык туһанан илии үлэтин чэпчэтэн уонна оҥорон таһаарыылара үрдээн аар-саарга аатыраллара. Ханна ыарахан уонна кыаллыбатах учаастак баарыгар ыччаттар үлэлииллэрэ. Хаһыаттар саһарбыт страницаларыгар Терентий Халыев суруйбута элбэҕин көрөн сөҕөн эрэ кэбиһиэххэ сөп.
Терентий Халыев журналист быһыытынан тугу-тугу оҥорботоҕой! Кыайбатаҕа уонна сатаабатаҕа арааһа суох буолуо. Туохха барытыгар улахан дьоҕурдааҕа, сатабыллааҕа.Бииргэ үлэлиир табаарыстара кини суруйуутунан астыналлара уонна хайаан да үчүгэйдик ааҕыллар очерканы суруйарыгар эрэнэллэрэ. Бэйэтэ коллегаларын итэҕэллэрин толорорго улахан болҕомтотун уурара уонна мэлдьи кыһанара. Биир да түгэҥҥэ табаарыстарын итэҕэллэрин сыыһа туттубатаҕа. Эппит тылыгар турара. Журналист быһыытынан республикаҕа киэҥник биллэрэ уонна үрдүктүк сыаналанара. Ааҕааччылары кытта олус чугастык билсиһэр этэ, онон кини суруйуутун бэйэлэригэр чугастык сыһыаран ааҕаллара уонна кини суруйуутугар итэҕэйэр этилэр. Тыла-өһө олус чуолкайа уонна ылыннарыылаҕа. Төһөлөөх очерканы, репортаһы, зарисовканы суруйбутун, кэпсээбитин ааҕан ситэр уустук.
Терентий Терентьевич олоҕун устата түһэрбит, оройуон, республика хаһыаттарыгар быһаарыы суруктаах таһаартарбыт хаартыскаларын мустахха бэйэтэ туспа дьикти кинигэ буолуо этэ.
Фотожурналист быһыытынан хаһыаты үрдүк хаачыстыбалаах уонна элбэх хаартысканан хааччыйбыта, Намҥа фотографтар кулууптарын тэрийэн үлэлэппитэ. Араас таһымнаах хаартыска быыстапкатын тэрийтэлээн хаартыскаҕа түһэриинэн дьарыктанааччылары түмэн түһэрэр дьоҕурдарын үрдэппитэ. Терентий Терентьевич фотобыыстапка оҥорон Бэчээт дьиэтигэр көрдөрбүтэ. Республикаҕа биллибит фотожурналистар кини үлэлэрин үрдүктүк сыаналаабыттара. Бэрт элбэх киһи көрбүтэ уонна бэйэлэрэ урут көрбөтөх түгэннэрин көрөн олус дуоһуйбуттара уонна астыммыттара. Терентий бэйэтин үлэлэрин быыстапкатын Нам оройуонун киинигэр көрдөрөн айар үлэһит быһыытынан аата-суола өссө үрдээбитэ.
Дьону кытта бэрт түргэнник уонна судургутук уопсай тылы булара. Киһи быһыытынан олус көнө этэ. Кини курдук үгүс доҕоттордоох киһи арааһа бэрт аҕыйах буолуо.
Терентий Нам оройуонугар радиожурналист быһыытынан биллибитэ. Республика хайа баҕарар уһугар Саха араадьыйатынан Тэрэнтэй чөллөркөй куолаһынан “ Саҥарар Нам” диэн биэриини саҕалыырын радиону истээччилэр өрүү кэтэһэр этилэр. Нам оройуонун үлэһит дьонун үлэҕэ ситиһиилэрин күннэтэ сылайбакка республика радиотынан кэпсиирэ. Ыанньыксыт кыргыттар ситиһиилэрин, оройуон бастыҥ отчуттара күөх сайыҥҥа Өлүөнэ эбэлэрин хочотугар уонна алаастарга бииртэн биир кэбиһиилээх оттору кэккэлэтэллэрин араастаан уустаан-ураннаан, хортуоппуй үрдүк үүнүүтүн ыларга совхоз рабочайдара утуйар ууларын умнан үлэлииллэрин ким баҕарар ылынаран курдук кэпсиирэ. Радионы истэ олорор киһи кини саҥатын куолаһынан чопчу билэрэ. Радионан саҥарарыгар хас биирдии тылын уонна этиитин чочуйан саҥарар буолан радио истээччилэри бэйэтигэр тардара.
Киһини, айылҕаны, тулалыыр эйгэни атыттардааҕар чыҥха атын хараҕынан көрөрө, хаартысканан, уран тылынан дьүһүйэрэ. Ол да иһин 1986с республика журналистарын «Кыһыл көмүс бөрүө” лауреата, гостелерадио комитетын, Журналистар союзтарын, “Эдэр коммунист” хаһыат редакциятын, Эйэ республикатааҕы комитетын, комсомол обкомун, оройуон салалтатын уо.д.а бочуотунай грамоталарынан, махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ. Араас фотоконкурстар лауреаттара, дипломаннара. Терентий Терентьевич үлэтигэр олус бэриниилээх, сүдү, аламаҕай майгылаах киһи этэ.
Терентий Терентьевич дьиҥ сахалыы өйдөөх-санаалаах кэрэ киһи аймахтарыгар, билэр дьонноругар, доҕотторугар мэлдьи үтүөнү оҥороро, күүс-көмө, сүбэ-ама буолара. Амарах аҕа, истиҥ кэргэн, олус кыһамньылаах, барыны-бары сатыыр тапталлаах дьиэ-кэргэн баһылыга этэ. Билигин оҕолоро аҕаларын ыра санаатын толорон бары үөрэхтэнэн, оҕолонон-урууланан, үтүө дьон буолан аҕаларын сырдык аатын ааттаталлар.